Иһинээҕитигэр көс

1727

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1723 1724 1725 1726 — 1727 — 1728 1729 1730 1731
Уоннуу сыллар
1690-с 1700-с 1710-с — 1720-с — 1730-с 1740-с 1750-с
Үйэлэр
XVII үйэ — XVIII үйэ — XIX үйэ

1727 сыл.

  • Күнэ-ыйа чопчуланыахтаах — 1727-1742 сылларга Алын Бүлүү симиэбийэтигэр көскө граф Франц Матвеевич де Санти олорбут. Бу ыраахтааҕы тэлгэһэтигэр герольдмейстер сололоох киһини кыра саастаах Петр II ыраахтааҕылаан олордоҕуна Екатерина I утары саагыбарга кыттынна диэн буруйдаан генералиссимус А. Меншиков дьаһалынан көскө ыыппыттар. Италияттан Бүөтүр I ыҥыран аҕалбыт киһитэ"[1]. Арассыыйа геральдикатын төрүттээччинэн билинэллэр, Арассыыйа үгүс куораттарын гиэрбэтин кини оҥорбута.
  • Алтынньы 21 — Арассыыйа уонна Кытай ыккардыларыгар Кяхта дуогабара түһэрсиллибит. Мантан саҕалаан атыы-эргиэн кэҥээбит. Эргиэҥҥэ туттуллар кяхта тыла диэн нуучча-кытай булкаас пиджин тыл үөскээбитэ. Холобура, "моя твоя понимай нету" диэн киэҥник тарҕаммыт этии ол тылтан кэлбитэ.

Муус устар 29 — Жан Жорж Новер (29.4.1727-19.10.1810) - хореграфическай искусствоны уларыппыт үҥкүүнү үөрэтээччи, француз балетмейстера. Кинини «билиҥҥи балет аҕата» диэн ааттыыллар. ЮНЕСКО быһаарыытынан 1982 сыллаахтан Ж. Ж. Новер төрөөбүт күнүгэр аан дойду Үҥкүү күнүн бэлиэтиир.

  • Кулун тутар 31 — Ньютон Исаак (1642 төр.) — Англия физигэ, математига уонна астронома, классическэй физика төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ.
  1. ↑ Н.С. Миронов, К.П. Гаврильева, Л.Я. Кононова и др. За четыре века. Летопись Вилюйского улуса (XVII — нач. XXI в.) / К.В. Гаврильева. — 2-е изд., перераб. и доп.. — Якутск: Айар, 2025. — С. 15. — 400 с. — 300 экз. — ISBN 978-5-7696-6990-3